Перец горошком получают путем переработки зеленых ягод. Перед тем, как вы сможете купить черный перец горошком оптом, его первоначально ферментируют, а после сушат в печах, либо на солнце. Как раз в это время оболочка зерна темнеет и сморщивается. Качественными горошинами считают те, вес которых более тяжелый. Реализуется в виде горошка, молотым, дробленым и в различных смесях.
Эфирное масло черного перца имеет широкий спектр применения. Оно используется в парфюмерии, кулинарии, народной медицине. Получают его перегонкой с водяным паром. Запах пряный, древесный, схожий с приправой. Используется как иммуноповышающее, тонизирующее, антибактериальное средство.
Киирэп сүрүн уопсай үѳрэхтээһин оскуолатын историятыттан. Таркаайы нэһилиэгэр 1930 сыллаахха Терентьева Фекла ликбез үлэтин Биэрэлэһэ диэн сиргэ улэлэппитэ.Ол базатыгар бастаан биир комплектаах начальнай оскуола 1932 сыллаахха Бодох учаастагар аһыллыбыта. Оскуола анал дьиэтэ суох буолан, 1939 сылга дылы Алексеев Яков Иванович дьиэтигэр үлэлээбитэ. Оскуола бастакы учууталынан Куочай киһитэ Малыгин Петр Саввич диэн киһи этэ. Кини биир сыл 1-3 кылаастарга улэлээбитэ. Онтон кэлин араас сылларга Бекренев Ф.Г., Тихонов Н.И. 1-2-3-4 кылаастары, онтон салгыы Николаев В.И., Герасимов С.Н., Данилов А.А, Емельянов В.В., Антонов Е.Ф., Тартакынов Ф.Н. учууталлаабыттара. 1939 сыллаахха «Конституция» уонна «Саңа күүс» колхозтар инициативаларынан Оргуллаахха 4 кылаастаах саңа оскуола дьиэтэ 1,5 сыл тутуллан, үлэђэ киирбитэ уонна Бодох начальнай оскуолата диэн ааттаммыта. Ити сађана сэбиэдиссэйинэн Емельянов В.В. үлэлээбитэ. Оскуола бастаан үлэлииригэр олохтоох ыал баара-суо5а 3-4 эрэ этэ. Атыттар ыраах сирдэринэн бытанан олороллоро. Онон ођолор ыаллара, олорор сирдэрэ суох буолан, бары дьиэлэриттэн 5-6 км ыраах сиртэн, оттон «Саңа күүс» колхоз о5олоро 10-15 км сатыы күн аайы сылдьаллара. Оскуола материальнай базата олус дьадаңы буолан улэлииргэ, үѳрэнэргэ олус ыарахана. А5а дойду Улуу сэриитигэр оскуола бастакы учууталлара, үѳрэнээччилэрэ саа-саадах тутан сэриигэ барбыттара, үгүстэрэ сэрии хонуутугар охтубуттара, бэрт ађыйахтара тѳннүбүттэрэ. Ити са5ана, 1943 сыллаахха тохсунньуттан 1977 сылга диэри сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит РСФСР үѳрэђириитин туйгуна Сергей Иванович Алексеев үлэлии кэлбитэ. Бодох оскуолатыгар уорэммит о5олортон биллиилээх үлэһиттэр, учуонайдар тахсыбыттара: Данилов Н.И.- СР потребительскай кооперациятын туйгуна, Уткин К.Д.- философскай наука доктора, профессор, академик, РСФСР культуратын үтүѳлээх улэһитэ; Антонова Р.Я.- ССРС, РСФСР үѳрэђириитин туйгуна, РСФСР культуратын үтүѳлээх үлэһитэ, Мэңэ Хаңалас оройуонун, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о; Николаев Н.С.-профессор, РФ естествознание5а академиятын субэһитэ, РФ инженернэй академиятын чилиэн корреспондена; Николаев Д.И.-РСФСР культуратын, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүѳлээх үлэһитэ, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтоо5о; Алексеев Н.Н.-геологическай наука кандидата, Семенов А.Е.- кинематография туйгуна о.д.а. Кинилэр ааттарынан биһиги киэн туттабыт. 1951 сыллаахха Таркаайы нэһилиэгин 3 колхоһа «Конституция», «Саҥа күүс», «Кыһыл ыллык» холбоһоннор биир бѳдѳңсүйбүт Киров аатынан колхоз буолбутунан, Бодох оскуолата Оргуллаахтан 3 кѳстѳѳх Киирэп сэлиэнньэтигэр кѳһѳрүллэн, Таркаайы начальнай оскуолата диэн буолбута. Алексеев Сергей Иванович сэбиэдиссэйдиир кэмигэр оскуола оройуоңңа, республика5а киэңник биллибитэ. 50-60 сылларга «Тыыннаах муннук» үлэлээбитэ. О5олор айыл5а кыылларын, кѳтѳрдѳрүн таптыырга, харыстыырга иитиллибиттэрэ. Эдэр талааннаах учууталлар Павлова М,А., Баттахова Н.О. , Семенов Р.С. салалталарынан «Дьо5урдаах илии» куруһуога ситиһиилээхтик улэлээбитэ. О5олор оройуон быыстапкатыгар кытталлара, биһирэнэллэрэ. Ити сылларга үѳрэнээччилэргэ дириң билиини биэрбит о5о-аймах тѳрѳппүттэр ытыктабылларын ылбыт учууталлар улэлээн ааспыттара: Григорьев П.А., Федоров Н.Ф., Коробова В.А., Акимов А.О., Илистянов Е.А.60-70 сылларга Григорьева Е.Н. салалтатынан үнкүү куруһуогар сылдьыбыт ођолор оройуоннаа5ы, республикатаа5ы кѳрүүлэргэ «Таба», «Батыйа», «Оһуор» үңкүүлэринэн кыттан биһирэммиттэрэ, миэстэлэспиттэрэ. 1967 с кини салайар пионерскай дружината «Бэлэм буол» хаһыакка суруйтарыы куонкурсугар бастаан харчынан, редакция Бочуотунай грамотатынан нађараадаламмыта. Оскуола пионерскай улэтин опыта «Бэлэм буол» хаһыакка биир балаһаны ылан сырдатыллыбыта. Ити кэмңэ Таркаайы начальнай оскуолатыгар үѳрэммит ођолортон Республика5а, оройуоңңа киэңник биллэр араас идэлээх дьоннор тахсыбыттара: Семенов Прокопий Прокопьевич-Слава III степеннээх орденын кавалера, ССРС салгынын транспорын бочуоттаах үлэһитэ, авиация, үлэ ветерана, Михайлов Алексей Алексеевич физико-математическай наука доктора, космофизика уонна агрономия институтун старшай научнай сотруднига, Александров Петр Николаевич-Москва5а, Дьокуускайга буолбут выставкаларга биһирэммит кѳмүс ууһа, Саввисов Николай Михайлович РФ потребительскай кооперациятын туйгуна, Прокопьев Николай Иванович-ученай зоотехник, Моргусов Афанасий Александрович-самодеятельнай композитор, СР культуратын үтүѳлээх үлэһитэ, оройуон бочуоттаах гражданина, Иванов Аркадий Захарович- СР промышленноһын үтүѳлээх улэһитэ, Никифоров Владимир Антонович- СР үѳрэђириитин туйгуна, Гражданскай килбиэн бэлиэтин кавалера, Николаева Зинаида Васильевна-9 ыңырыылаах Саха АССР Верховнай советын депутатынан талыллан үлэлээбит бастың доярка о.д.а. Кинилэр билигин да ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. 80 сыллар иккис аңардарыгар кырдьа5ас кѳлүѳнэ учууталлар бочуоттаах сынньалаңңа тахсыбыттарын кэннэ эдэр кѳлүѳнэ учууталлар кэлбиттэрэ. 1976-1977 үѳрэх дьылыгар Жиркова Д.Д. сэбиэдиссэйдээбитэ. Онтон 1977-1978 үѳрэх дьылыттан ити дуоһунаһы Семенова С.Г. ылбыта. 1979 сылга үѳрэнэр ођо ахсаана ађыйаан оскуола сабыллар кутталламмыта. РФ үѳрэђириитин туйгуна, ветеран учуутал Алексеев С.И. сүүрэн-кѳтѳн, нэһилиэнньэ туруорсан оскуола сабыллыбатађа. Ол оннугар Сергей Иванович бэйэтин дьиэтигэр 1979-80 үѳрэх дьылыгар үс ођону Саввинова Ф.К. үѳрэппитэ.Нѳңүѳ дьылыттан ођо арыый элбээн оскуола тѳттѳрү үлэлээн киирэн барбыта. 1988 сылтан о5о ахсаана элбээн, 1990 сылтан оскуола саңа тутуута сађаламмыта.1991-92, 1992-93 үѳрэх дьылларыгар утуу-субуу 5-с, 6-с кылаастар аһыллыбыттара. Бу дьыл тѳрдүс чиэппэриттэн директорынан Николаев М.И. кэлбитэ. Сайыныгар I лаа5ыр аһыллыбыта 1993-94 үѳрэх дьылыгар 9 кылаас аһыллан, оскуола ситэтэ суох орто оскуола буолбута. Элбэх саңа учуутал кэлбитэ. Нэһилиэнньэ биирдэ сэргэхсийэ түспүтэ. Оскуолађа саңа предметтэр киллэриллибиттэрэ. Директор Николаев М.И. саңа сүүрээни киллэрэн, оскуоланы нэһилиэк культурнай киининэн оңорбута уонна оскуола материально-техническай базатын кэңэтиигэ улэтин сађалаабыта. Ол эрээри оскуола саңа дьиэтэ тутуллан бутэ илик буолан, о5олор икки симиэнэнэн эргэ оскуола5а уонна детсад икки хоһугар үѳрэммиттэрэ. 1994-95 уорэх дьылыгар директорынан Александров Н.Н. буолбута. 1995-96 уорэх дьылын кѳрсѳ оскуола саңа дьиэтэ улэ5э киирбитэ. 10 уорэтэр кабинеттаах, киэң спортивнай саалалаах, остолобуойдаах, 120 дылы о5о үѳрэнэригэр аналлаах киэң-куоң улахан тутуу буолбута. Оскуола5а маңнайгы предметнэй кабинеттар аһыллыбыттара. Педколлектив иннигэ үѳрэтэр-иитэр үлэ ситимин саңа кэрдиискэ таһаарар сорук турбута. Учууталлар түѳрт холбоһуктара тэриллэн, араас хайысхалаах научнай методическай үлэлэрин завучтар Петрова М.М. уонна Яковлева Е.Н. иилээн-са5алаан барбыттара. Ођолор сайдыыларын түстүүр түмсүүлэр, холбоһуктар, араас куруһуоктар тэриллибиттэрэ. Ол курдук, «Арыылаах» эдэр корреспонденнар постарын Семенова С.Г., «Сулус» үңкүү ансамблын Иванова И.Н., «Дьођур» математиктар түмсүүлэрин уонна «Кустук» ођо тэрилтэтин Яковлева Е.Н. иилээн-сађалаан үлэлэппиттэрэ. Элбэх ођону сырдыкка-кэрэђэ тардыһыыларын күүһүрдүбүтэ уонна сорохторо кэлин үѳрэхтэрин талалларыгар акылаат да буолбута. 2003 сылтан Яковлев С.В. директор буолуођуттан кадры олохсутууга үлэни күүскэ ылбыта. Уопсай дьиэ тутуллубута, олохтоох дьон кадр буолаллара ситиһиллибитэ, учууталлар үлэлиир усулуобуйалара тупсубута.Оскуола саңа УАЗ массыынанан хааччыллыбыта. 2005-2006 үѳрэх дьылыгар Михайлова Н,В. директордаабыта. 2006-2007 сылларга директорынан эрчимнээх Добрецов Г.Г. үлэлээбитэ. Оскуола материальнай базатын тупсарыыга элбэх сыратын уурбута. 2007 сыллаахха о5о ахсаана а5ыйаан, детсад оскуоланы кытта холбоспута. 2008 сылтан директорынан Михайлова Н.В. үлэлиир. Киров детсадын историятыттан. 1963 сыл бала5ан ыйыгар Киров дэриэбинэтигэр детсад аhыллыбыт уонна кун бугунугэр диэри энкилэ суох улэлиир. Сэбиэдиссэйдэринэн ити кэмнэртэн бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээхтик Саввинова Евдокия Саввична, 1969 сылтан 1985 сылга диэри Семенова Анна Прокопьевна, 1985 сылтан 2007 сылга диэри Иванова Саргылана Софроновна улэлээбиттэрэ. Анна Прокопьевна салайааччы быhыытынан ирдэбиллээх улэьитинэн биллибитэ. Кини детсад материальнай базатын сайыннарыыга куускэ улэлээбитэ. Саргылана Софроновна биир эйэлээх улэhит коллектив онорон, нэhилиэк ыытар бары мероприятиеларыгар кохтоохтук кыттан, детсад биир тутаах тэрилтэ буоларын хай5ал суруктар , грамоталар туоhулууллар. Элбэх выпуhу таhаарбыт опыттаах воспитателлэр Семенова С.Г, Саввисова М.И, Павлова Е.А, Семенова Е.Н, Степанова Л.К , Семенова А.Е., Гуляева Т. Н. айымньылаах улэлэрин тумугун саналыы керуулээх педагогтар Семенова О.Н, Васильева С.И.. салгыы сайыннарбыттара. 1991 сыллаахха уерэх дьылын керсе 20 миэстэлээх сана детсад дьиэтэ улэ5э киирбитэ. Коллектив иннигэр иитэр улэ ситимин сана кэрдиискэ таhаарар сорук турбута. 2007 сыллаахха оскуола5а о5о а5ыйаан детсад оскуола5а сыhыарыллан улэлии турар. Билигин сэбиэдиссэйинэн Саввинова М.А улэлиир. Иитээччилэринэн Афанасьева М.И. Семенова Г.Н улэлии сылдьаллар. Улэлэрин сурун хайысхата о5олору эт-хаан еттунэн сайыннаран чел, доруобуйалаах, бэйэтин тереебут тылын кыра эрдэ5иттэн билэ , сыаналыы уерэнэригэр олук ууруу, о5ону тус кыа5ын таба керен онно септеех эйгэни тэрийэн иитиини, сайыннарыыны ыытыы буолар. Оскуоланы кытта ситимнээх улэ сал5ананбэлэмнэнии группа о5олоро оскуола5а эт-хаан, били-керуу, сиэр-майгы еттунэн учугэй бэлэмнээхтэрин учууталлар бэлиэтииллэр. Оскуола бугуннутэ. Быйылгы үѳрэх дьылыгар детсадка 15 иитиллээччи, оскуола5а 33 үѳрэнээччи баар. Оскуола 10 γѳрэтэр кабинеттаах, 50 о5о аьыыр остолобуойдаах, спортивнай саалалаах. Кинилэри 15 педагог билии киэң аартыгар сирдиир. Олортон 6 үрдүк, 9 орто анал үѳрэхтээхтэр. 5 учуутал урдүк үѳрэххэ үѳрэнэ сылдьаллар. Икки СР үѳрэђириитин туйгуна, 4 үрдүк, 9 үрдэтиллибит категориялаах педагогтардаахпыт. Учууталлар улэлэрин туорт методическай холбоьук салайааччылара суруннууллэр. Гуманитарнай холбоьугу саха тылын учуутала Семенова С.Г., кылаас салайааччыларын холбоьугун Чочанова М.И., естественно-математическай холбоьугу Данилова А.А., эдэр учууталлар холбоьуктарын Петрова М.В. улэлэтэллэр. 2008-2009 уорэх дьылыттан 30 киьилээх коллективы эдэр, салайар улэ5э талааннаах директор Михайлова Нюргуяна Васильевна салайан улэлэтэр. О5олорго салгыы ситиьиилээхтик сайдар кэскиллэрин тустуур кыахтаах учууталларынан буолаллар: саха тылын, нуучча тылын учууталлара Семенова С.Г., Андреева И.Г., начальнай кылаас учууталлара Саввинова Ф.К., Николаева М.Д., историк Семенова Е.П., математиктар Саввинова М.А., Данилова А.А., физик Васильев М.М., физруктар Антонова О.А., Семенов Б.А., омук тылын учуутала Петрова М.В., биолог Афанасьев А.Б, технология учууталлара Григорьева А.Н., Павлова А.И., информатик Андреев В.В.. О5олорбутун итии, тотоойу, минньигэс аьылыгынан хааччыйар опыттаах повар Семенова О.М.. Сырдыкка, сылааска, ырааска сылдьалларын техулэьиттэрбит Николаева С.С., Львова Д.И., Портнягина И.М., Третьякова Р.В., Львов Р.А., Янкова Т.И., Филиппов Р.В. ситиьэллэр. Уорэх чааьыгар дириэктэри солбуйааччынан Андреева И.Г., иитэр улэ5э дириэктэри солбуйааччынан Чочанова М.И., о5о тэрилтэтин салайааччытынан Акимова М.Н. айымньылаахтык улэлииллэр. «Кустук» о5о тэрилтэтэ 1999 сылтан таьаарыылаахтык улэлиир. Тэрилтэ иьинэн улэлиир «Модун» уолаттар тумсуулэрэ кырдьа5астарга, тыыл ветераннарыгар комолоьор аналлаах. Онус сылын оскуола иьинэн ыытыллар «Сыл бастын уорэнээччитэ», «Сыл бастын кылааьа» курэх тумугэ араас номинацияларынан тахсар. Тороппуттэрбит ойобуллэринэн «Дьиэ кэргэн» программа оскуола оло5ун биир утуо угэьигэр кубулуйда. О5ону дьиэ кэргэннэ иитиигэ тороппут педагогическай культуратын урдэтинэригэр араас коруннээх спортивнай, интеллектуальнай, культурнай хайысхалаах улэ курэх быьыытынан ситимин быспакка, былаан быьыытынан ыытыллар. Ыытар улэбитигэр улаханныын кыралыын бары собулээн кытталлар. Предметнэй нэдиэлэлэргэ «Аа5ар дьиэ кэргэн, « Суоччут дьиэ кэргэн» курэхтэригэр тороппуттэр о5олорун кытта хоьоон, кинигэ аа5аллар, тиритэ-хорута суот суоттууллар, сынньалан оттугэр дьиэ кэргэнинэн толору театрилизованнай постановка туруораллар, дьиэ кэргэн истиэнэтин хаьыатын таьаараллар.Маны таьынан о5ону иитиигэ педагогическай аа5ыылар буолаллар.Ол курдук тороппут Львова Д.И. «О5о иллэн кэмин туьалаахтык атаарыы» дакылаата Егоровскай аа5ыыга 3 миэстэни, Афанасьева М.И. «Айыл5а угэстэринэн о5ону иитии» дакылаата биьирэбил сурук ылбыттара. Оскуола билинни уорэнээччилэрэ 8 кылаастан са5алаан араас хайысхалаах элективнэй куурустарга, куруьуоктарга дьарыктаналлар. Ор сылларга учууталынан улэлээбит Винокуров И.В. салайааччылаах «Айыл5а о5олоро» куурус иитиллээччилэрин Семенов А., Львов С. улэлэрэ республика5а техническай быыстапка5а баран ситиьиилээхтик кыттыбыта. 1997 сылтан улэлиир « Эдэр корреспонденнар» болох о5олорун Семенова С.Г. салайан улэлэтэр. О5олор улэлэрэ «Кэскил», «Ньурба» хаьыаттарга тиьигин быспакка бэчээттэтэр. О5олор улэлэрэ «Кэскил», «Ньурба» хаьыаттарга тиьигин быспакка бэчээтэтэр. Улэлэрин тумугун Яковлева С. «Океан» лаа5ырга сынньанан кэлбитэ. Яковлева У. «Кэскил» 70 сыллаах юбилейыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Биьиги о5олорбут оройуонна буолар бары мероприятиеларга кохтоохтук кытталлар. Саввинова Ф.К. салайар «Кустук» фольклорнай ансамбла 2006, «Урун кун» уолаттар ансамбллара 2005, 2008 сылларга буолбут «Хотугу» Сулус» курэххэ дипломант урдук аатын ылбыттара. 2008 сыллаахха «Кустук» о5о фольклорнай ансамбла «Чобуо чабыр5ах» номинация кыайыылаа5а буолбута.Ол курдук оройуонна ыытыллыбыт ырыа курэхтэригэр миэстэлэспит о5олорбутунан Иванов Арсен, Иванова Мичилиинэ, Васильев Владик, Моргусова Николина, Семенова Сайыына киэн туттабыт. Физрук Семенов Б.А. иитиллээччилэрэ оройуоннаа5ы волейбол курэ5эр 2009 сыллаахха 1 миэстэни, 2010 сыллаахха 2 бочуотунай миэстэлэри ылаттаабыттара. Кыайыы 65 сылыгар аналлаах курэхтэргэ начальнай кылаас о5олоругар литературно- музыкальнай композиция5а, агитбиригээдэлэр курэхтэригэр оройуонна 1 миэстэни ылаттаабыппыт. Оройуоннааа5ы саха - КВН курэ5эр 2008 сыллаахха иккис бириистээх миэстэ5э тиксибиттэрэ. О5о сайынны сынньаланын туьалаахтык атаарарын ситиьэр сыалтан «Кустук» сынньалан, улэ лаа5ырын 2000 сылтан тэрийэн улэлэтэбит. Лаа5ырга сылын аайы 25 о5о икки сменанан сынньанар. О5уруот аьын араас корунун: хаппыыстаны, хортуоппуйу, моркуобу, субуокулэни ууннэрэн, оскуола итии аьылыгар туттараллар, соро5ун харчыга таьааран араас мероприятиеларга тутталлар. Оройуонна буолар лаа5ырдар улэлэрин тумуктуур курэххэ 2004 сыллаахха уьус, 2006 сыллаахха иккис, 2009 сылаахха уьус бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. Педагогическай коллектив « Ођо дьођурун сайыннарыы, олох араас түгэнигэр бэлэм буоларга иитии» сорук туруорунан үлэлиир. Сурун миссията: «О5о ой-санаа, сиэр-майгы уонна эт-хаан оттунэн сайдыытыгар олук ууруу». 2009 сылтан «Социокультурный комплекс- школа-сад»программанан улэлиир. Бу программанан оскуола нэьилиэнньэ5э баар тэрилтэлэри, социуму кытта ыкса сибээстэьэр. Ол курдук улэбитигэр «Киирэптээ5и чох хостуур разрез» тэрилтэтин, медпууну, ма5аьыыны, «Арыылаах» култуура киинин кытары бииргэ улэлиибит. Маннык улэлиирбит о5о инники идэлэрин талыыларыгар, сайдыыларыгар улахан комо буолуо диэн эрэнэбит. Оскуола инники кэскилэ. Учуутал сыралаах улэтин тумугэ- кини уорэппит-такайбыт о5олоро идэ ылан, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булунуулара буолар. Ол курдук кэлинни сыллардаа5ы выпускниктарбыт: Семенова С.Д- Санкт-Петербургтаа5ы Технология уонна дизайн университетын бутэрэн «Саха-булт» компания5а модельер; Семенова С.Д.- СГУ-ну бутэрэн ЯГИТИ-га методистыыр; Иванов Г.И.- Мирнэйдээ5и Политехническэй институт 5 курсун студена; Птицын Р.Г.- Дьокуускайдаа5ы медколледжы бутэрэн стоматологтыыр; Саввинова А.А.- Санкт-Петербурдаа5ы технолог идэтин баьылаан Якутскайга налоговай инспекция5а отдел комеральных проверок диэн салаа5а улэлиир; Саввинова Е.А.- ДьТХА-ны бутэрэн Ньурба администрациятыгар статистика отделыгар экономист; Семенова Е.П.- ВСГАКИ библиотековедения- библиография факультетын бутэрэн оскуола5а библиотекарьдыыр; Иванова Н.В- ЯМК бутэрэн детсадка фельдшердиир; Саввинова М.А.- СГПА математическай факультетын бутэрэн оскуола5а математика учуутала; Иванова К.А.- Дьокуускайдаа5ы культура уонна искусство колледжын бутэрэн Маардаа5ы оскуола5а «Дьонкуудэ кыталыктарын» салайааччыта; Николаева Е.Н.- Москватаа5ы Горнай институту бутэрэн «Алроса» компания5а экономист; Семенова А. С. – ЯПИ логопед факультетын бутэрэн Ньурба5а улэлиир; Пыргарь А.Г- ЯГУ юридическай факультет 4 курсун студена; Иванова О.А.- ЯПУ-1 физкультура отделениетын бутэрэн оскуола5а физруктуур; Саввинов Д.А.- ЯГУ ГГИ 5 курсун студена; Пыргарь М.Г- ЯГСХА экономическай факультет 3 курсун студена; Ноговицына М.В.- ЯГУ физико-матетическай факультет 5 курсун студена; Семенова Г.Н.- ЯПУ-2 бутэрэн детсадка воспитателлиир; Иванова А.А- Дьокуускайдаа5ы культура уонна искусство колледжын бутэрэн Ньурбатаа5ы драмтеатрга артыыстыыр; Моргусова Н.Р.-ЯПК-2 дошкольнай отделениетын 3 курсун студена; Яковлева Н.С.- ЯГУ геологическай факультеты бутэрэн Дьокуускайга улэлиир; Иванов А.В.- Дьокуускайдаа5ы художественнай училище 4 курсун студена; Ноговицын И.В-ЯСХТ правоведение факультетын бутэрдэ; Николаева Н.А.-ГОУ СПО Покровскайдаа5ы колледжка бизнес-технологка уорэнэр; Семенова Н.Б.- МГГПУ педагогическай факультеты бутэрдэ; Третьякова О.В.- СХТ ветеринария факультетын 2 курсун студена; Тельнов С.А- Дьокуускайдаа5ы музыкальнай колледжын 2 курсун студена; Николаева Н.В.- Намнаа5ы педколледж 2 курсун студена; Иванова М.И- Иркутскайдаа5ы Гидрометериологическай техникум 1 курсун студена; Семенова С.Н.- ЧЛФНИС физкультурнай отделение 1 курсун студена; Иванов А.А- ЯГСХА студена; Саввинова М.Д.- ЯГУ ГРФ студена; Николаев Л.К.- СХТ студена Кэтээн коруу тумугунэн, о5о уорэххэ киириитэ сылтан сыл аайы элбээн иьэр. Онон социуму кытта ыкса сибээстэьэн улэлиирбит туьалаах дии саныыбыт.
©2015 Все права защищены.
Портал информационной и технической поддержки ПО образовательных учреждений РФ.
Cо всеми проблемами и пожеланиями по работе портала и службы технической поддержки вы можете обратиться по адресу .
Комментарии в профиле
Добавьте ваш комментарий!
Войтите чтобы оставить комментарий или Создать учетную запись
» Все комментарии» RSS комментариев